Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Умсуура
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Варламова Парасковья Павловна
Songwriter:in
Songteksten
Күһүҥҥү тыаллаах тымныы,
Хараҥа түүн…
Иһирик ойуурга сэбирдэх ардаҕа
Суугунуу тохтор.
Мин соммор ыга сууланабын,
Хатыҥҥа өйөнөн,
Соҕотох чуҥкуйан туран.
Мин ааспыт олоҕум сыллара
Сэбирдэх буолан түспүттэрэ бу сиргэ.
Ол онтон элбэх күһүн,
Ол онтон элбэх кыһын сүппүтэ.
Дьону кытта дьон курдук сылдьан,
Билбэккэ да хаалабын сатаан элбэҕи.
Ону мин кыайан туойбат,
Ону мин кыайан эппэт эбиппин.
Күһүҥҥү тыаллаах тымныы,
Хараҥа түүн…
Сулустаах халлааҥҥа билэр сулусчааммын
Көрдүү сатыыбын.
Ол туран көрдүм сырдык, умайар уот
Кый ыраах, үөһээнэн субуллан түспүтэ
Сырдык сулуһум.
Мин ааспыт олоҕум сыллара
Сулустар буолан түспүттэрэ бу сиргэ.
Ону мин кыайан эппэт,
Ону мин кыайан туойбат эбиппин.
Дьону кытта дьон курдук сылдьан,
Билбэккэ да хаалабын сатаан элбэҕи.
Ону мин кыайан эппэт,
Ону мин кыайан туойбат эбиппин.
Written by: Варламова Парасковья Павловна