Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Умсуура
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Варламова Парасковья Павловна
Songwriter:in
Songteksten
Төннүбэт бу сайын кэрэтин кэриэтэ
Эргиллэн көрбөккө, туох да диэн эппэккэ,
Эстибэт эн дууһаҥ, санааҥ дуу кыаҕыгар,
Эҥкилэ суох сымыйа эрэлгэр эрэнэ
Туруннуҥ эрэйдээх, эҥкиллээх айаҥҥар,
Тоҕо эрэ ураты дии саныыр эн суолгар.
Атаара тахсарбын бу кыһыы бутуйар,
Булбуппун былдьаабыт бу күһүн утарар,
Ардахтаан-тыалыран хаҕыс тыал улуйар,
Күнүүлээн, дьиэм аанын, антахтан олуйар.
Тахсыма, хаамыма, харыс да хамсаама,
Барыма диэн хатыы от атахпар хаарыйа хатанар.
Кыһыыттан кыбыстан эппэтэх тыллардаах,
Соҕотох хаалартан хайдыбыт сүрэхтээх,
Эйигин күнүүлээн күлүктүүр күһүннүүн,
Албыннаан уоскутар саһархай сэбирдэх
Суолтата суох тэлээрэр үҥкүүтүн анныгар
Иккистээн эргиллиэҥ дии саныы хааллаҕым.
Written by: Варламова Парасковья Павловна