Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Умсуура
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Варламова Парасковья Павловна
Songwriter:in
Songteksten
Аан дойду тойуга
Кутуллар - кулгаахтаахха,
Аан дойду кэрэтэ
Киэргэнэр - харахтаахха.
Дьол чараас утаҕын
Мин буллум - сүрэхпиттэн,
Ип-итии сүрэҕим -
Сүүрүҥүй иэйиититтэн.
Дьол баар эбит
— Олох бүппэт түбүгэр,
Дьол баар эбит
Кэтээн көрүүм чуумпутугар.
Аан дойду чуумпута
Иһиллэр - кулгаахтаахха,
Аан дойду урана
Симэнэр - харахтаахха.
Мин аны дуоһуйабын
Ийэ сир кэрэтиттэн,
Киэҥ куйаар эйэ-дэмнээх
Бүппэт эргиириттэн.
Дьол баар эбит
— Олох бүппэт түбүгэр,
Дьол баар эбит
Кэтээн көрүүм чуумпутугар.
Written by: Варламова Парасковья Павловна