Topsongs van Kirilloo
Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Kirilloo
Künstler:in
Pennyskywalker
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Харысхан Мойтохонов
Songwriter:in
Songteksten
Итэҕэйэр дууһам инники кытылга,
Эн баар этиҥ ди мин аттыбар.
Уоскута сатаама эйгэбэр кииримэ,
Түүл буоллун барыта ырабын аймаама.
Тур мин эйгэм муҥутуур,
Боростуойбун эрэлим уһуур,
Албын тыллартан хаххалыыр биэс харахтаах харысхалым,
Им балайтан буллум тахсар ааны,
Олохпор буолбут саҥа кылаатым,
Сэмэй аатым көтүтэр кынатым,
Көр бу миигин халыҥаатым.
Тоҕо сэгэр хайа үрдүгэр,
Хаһыс да төгүлүн эн ытта сатыыгын?
Хаты-хатылыыгын,
Искэр ытыыгын,
Хараҥаҕа соҕотох эмиэ хаһыытыыгын?
Тоҕо сэгэр хайа үрдүгэр,
Хаһыс да төгүлүн эн ытта сатыыгын?
Хаты-хатылыыгын,
Искэр ытыыгын,
Хараҥаҕа соҕотох эмиэ хаһыытыыгын?
Сытыаҥ, ыллыаҥ,
Быылыйбыт санааларгын өйгүттэн ылыаҥ,
Саныаҥ,
Киниэхэ сыһыанҥын баҕардыы салҕыаҥ,
Уу-у,
Хатылламмат саҥаттан сыһыаны сөргүтэ сатаан,
Санааҕа баттанан,
Эмиэ сытара сыттыгын кууһан,
Бу манна туора дьон тоҕо наар буруйдаах буолар?
Бэйэтэ да билбэт,
Киниэхэ наар таптала тиийбэт.
Тула үрдүгэр тыгар сулустары,
Онтон биирин кимиэхэ эрэ анаары,
Тугу булан эмиэ айманаҕын?
Туох туһа баар кинини сайыһар?
Тоҕо сэгэр хайа үрдүгэр,
Хаһыс да төгүлүн эн ытта сатыыгын?
Хаты-хатылыыгын,
Искэр ытыыгын,
Хараҥаҕа соҕотох эмиэ хаһыытыыгын?
Тоҕо сэгэр хайа үрдүгэр,
Хаһыс да төгүлүн эн ытта сатыыгын?
Хаты-хатылыыгын,
Искэр ытыыгын,
Хараҥаҕа соҕотох эмиэ хаһыытыыгын?
Written by: Харысхан Мойтохонов