Songteksten

Харахтаргар умайар бу кутаа уот тула,
Мин булабын олоҕум суолтатын эн аттыгар наар,
Дьоллоорууй, дьоллоорууй.
Итэҕэй эрэл үрдүүр,
Мин күүһүм өссө төгүл,
Ыга кууһан ыллаххына үөһэ көтөбүн,
Көтөбүн.
Өрүүтүн эйиигин үөрдэ туруом,
Кыһаллабын күнүн аайы дьоллоорубун,
Эрэнэбин мин илиим эйиэхэ эрэ итии,
Илиибэр эн эрэ илиин.
Эн аттыгар куруутун,
Дьол, үөрүү, хомолто ду?
Мин өрүү баар буолуоҕум
Олоҕун суолун устун,
Эн аттыгар куруутун,
Олохпут суолун устун.
Халлааҥҥа тыгар күн
Симэлийиэр дылы,
Мин баарбын.
Харахтаргар умайар бу кутаа уот тула,
Мин булабын олоҕум суолтатын эн аттыгар наар,
Дьоллоорууй, дьоллоорууй.
Итэҕэй эрэл үрдүүр,
Мин күүһүм өссө төгүл,
Ыга кууһан ыллаххына үөһэ көтөбүн,
Көтөбүн.
Written by: Стручков Кирилл Кириллович
instagramSharePathic_arrow_out