Songteksten

Саҥардыы тыллыбыт мутукча
Соһуччу дууһабын долгутта
Эдэр уол бастакы таптала
Кэрэчээн кыысчааным санатта...
Аттыбар дайарыҥ лыахчааным -
Мап - маҥан баантиктаах кыысчааным,
Үйэ - саас ахтыһар кэскилгэ
Иккиэммит имнэрэ итийдэ...
Чаҕыл саас онуһу бүтэрэн
Дьоһуннаах соруктаах сылдьарбыт,
Сып - сырдык ыралыын сиэттиһэр
Кынаттаах ырыаны таптыырбыт.
Эйигин аан бастаан атаарыы,
Мутукча дыргыйар сипсиэрэ,
Маҥнайгы алыптаках уураһыы
Күн бүгүн, оо, тоҕо күндүтэй.
Written by: Капитонов Семен, Семен Ченянов
instagramSharePathic_arrow_out