Songteksten

Таптал нарыҥ бэйэтэ
Сиик түспүт сибэккиитэ
Таптал тэhии бэйэтэ
Үргүк таба кэриэтэ
Тапталы харыстаа, хомотор буолума
Истиҥник иитиэхтээ туоратар суоллаама
Таптал – ырыа, таптал – хоhоон
Ону туора сотума,
Таптал – номох, таптал – олох
Ону мүччү тутума,
Ону мүччү тутума!
Таптал сырдык иэйиитэ
Үтүөгэ тардыыhыы
Таптал мэҥэ ис-дьиҥэ
Кэрэҕэ талаhыы
Иитиэхтиир иэйиилээх
Мэлдьитин эрэллээх
Сурэххэ тапталлаах
Олоххо-ол дьоллоох!
Written by: Виктор Хон, Григорий Пермяков, Пермяков Григорий - Сахамин, Хон Виктор - Омук Уола
instagramSharePathic_arrow_out