Songteksten

Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Сүтүктээх – сүтүгүн умнуоҕуҥ
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Алгыстаах алгыһын тумнуоҕуҥ
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Аймаммыт – уоскулаҥ булуоҕуҥ
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Сибэккини санатар мичээри!
Кэччэйимэҥ дуу,
Айылҕа биэрбит кэрэ бэлэҕин
Сырдык мичээри,
Сыһыыга тыллыбыт, аһылла тэтэрбит сибэккини
Санатар мичээри!
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Өстүйбүт – өс сааһын өһүлүөҥ,
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Мунчаарбыт – санаатын көтөҕүөҥ
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Кырдьыбыт – эдэрдии үөрүөгүҥ
Мичээрдээҥ, мичээрдээҥ истиҥник
Сибэккини санатар мичээри!
Written by: Саргылана Спиридонова—Кэрэмэс Кийиитэ, Степанов Александр Николаевич
instagramSharePathic_arrow_out