Top Songs By Виталий Очиров
Similar Songs
Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Виталий Очиров
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Виталий Очиров
Songwriter:in
Эллэй Васильев
Komponist:in
Lyrics
Ол сахтан айылҕа киһилиин биир кэлим
Алыптаах арахпат баар эбит биир ситим
Киһи да, чэчик да, күн диэки талаһар
Көҥүллүк салгыны ыймахтыан баҕарар
Бу сиргэ өрүүтүн утарсыы оргуйар
Түҥ-балай хараҥа сырдыктыын охсуһар
Туруук таас кытылы долгуннар кырбыыллар
Сырдык тыын, хара тыын хатыйсан тахсаллар
Сырдык тыын, хара тыын хатыйсан тахсаллар
Ийэ сир, күн күбэй ийэ-диэн-биир эйгэ
Истиҥник иитиллэр иһирэх сүрэххэ
Ама ким таҥнарыай ийэтин тапталын?
Айыыттан алгыстаах амарах аатталын?
Бу сиргэ өрүүтүн утарсыы оргуйар
Түҥ-балай хараҥа сырдыктыын охсуһар
Туруук таас кытылы долгуннар кырбыыллар
Сырдык тыын, хара тыын хатыйсан тахсаллар
Сырдык тыын, хара тыын хатыйсан тахсаллар
Сиккиэр тыал сипсийэн хатыҥы тоҥхотор
Таптал баар сүрэҕи нүөлүтэ долгутар
Атааннаах бу сиргэ дьылҕа-хаан суол ыйар
Олох диэн таабырын таайыыта салҕанар
Бу сиргэ өрүүтүн утарсыы оргуйар
Түҥ-балай хараҥа сырдыктыын охсуһар
Туруук таас кытылы долгуннар кырбыыллар
Сырдык тыын, хара тыын бу олох мөккүөрэ
Сырдык тыын, хара тыын
Сырдык тыын, хара тыын бу олох мөккүөрэ
Writer(s): виталий очиров, эллэй васильев
Lyrics powered by www.musixmatch.com