Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Jeedda
Künstler:in
Ponsash
Gemischte:r Künstler:in
Saas Ustar
Gemischte:r Künstler:in
FiESTA
Gemischte:r Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Ковлеков Константин Иванович
Komponist:in
Иванов Семен Семенович
Komponist:in
Хон Виктор Иванович
Texte
Васильев Егор Михайлович
Texte
Симеонов Владимир Венциславович
Texte
PRODUKTION UND TECHNIK
Ковлеков Константин Иванович
Produzent:in
Иванов Семен Семенович
Produzent:in
Lyrics
Күлүмүрдүүр сир үрдүн бүтүннүү бүрүйбүт
Көмүс күһүн көстүүтүн көрөн үөрдүм
Көҥүлгэ көппүт киһи, булуом этэ кинини
Күннээҕини киэр элитэ мин эрэни
Санаа дириҥэ, байҕал кэриҥэ күҥҥэ
Үҥэр кэммэр, миигинниин тэҥҥэ үҥэр
Көрө иликпин бу эҥэр эйиэхэ тэҥнээх
Киһини биирдэ да, эн итэҕэй
Быйылгы дьыл бастакы хаарыгар
Эн бааргар
Былыттары атаара, былыргым хаалар
Бороҥ сиргэ быыстала суох бүрүллэн
Үрүҥ кыырпах түһэн, тулабын киэргэтэр
Ол эрэн, саныыгын -
Тоҕо маннык сыл ахсын?
Тоҕо бары саныыллар күһүн арахсыы диэн?
Аанҥын арыйан тахсыый
Уонна биһиги иккиэн хаамабыт хардыын эргийэ
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Санаабар өссө да биир, кини туһуттан
Айылҕа уһуктан, тулам тупсан турар
Күнүм киирбэт, түүлбэр эрэ
Көстөҕүн эн күһүн үҥкүүтүгэр
Күн сиригэр, төһө элбэх киһи сүрэҕэр
Бу кэрэ көстүү күүһэ, күһүнү кытта тиийэр?
Умнуллуу, төһө да күүппэтэх буоллун
Кэлиэ барыбытыгар илдьэ барыа дьолгун
Ол иһин күндү түгэн төһө да түргэнин иһин
Хаһан эрэ бүтэһигин ылыам илиигин
Бу сэбирдэхтии хагдарыйыам түргэнник
Ол кэммит кэлэ илик
Ол иһин кэхтии кэмин күүппэппин
Күһүн арахсыы - диэни билбэппин
Аанҥын арыйан тахсыый
Уонна биһиги иккиэн хаамабыт хардыын эргийэ
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Хайаларыттан кими күһүн бүгүн араарар
Барар хаарыйар санаалардыын хаалларарай?
Хаар быыстала суох ардаатар да, ардыгар
Күһүҥҥү түүн хаһаннаатар хаһаннытааҕар да, күндү бүгүн? (Эн аттыгар)
Бэркэ диэн билэбин мин
Тоҕо сулус былыт быыһыттан оонньуурун
Эн миэхэ билигин тобукпар көтөхтөрөн олороҕун
Көрсүбүппүт эдэр саас күһүнүгэр
Ол айылҕа, ол түгэни саатар үтүгүннэр
Көмүс сэбирдэх эн тула үҥкүүлүүллэр
Кигэн күөрттээн мэник тыал күлэр
Бу кэм барда этэҥҥэ
Миэхэ, эйиэхэ таптаһар сүрэххэ
Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн
Аныыбын эйиэхэ таптал тылларын сипсийэн, сэрэнэн
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Күндү киһим санаарҕаама (Санаарҕаама)
Күһүн кэллэ диэн ытаама (Ытаама)
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Күндү киһим санаарҕаама
Күһүн кэллэ диэн ытаама
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Күндү киһим санаарҕаама (Санаарҕаама)
Күһүн кэллэ диэн ытаама (Ытаама)
Таптал бүттэ дии санаама
Туохха хаһыйа туйуллума
Lyrics powered by www.musixmatch.com