Lyrics

Бүгүн миигин одуулаһар хап-хара харахтартан
Эмискэ тулам барыта уларыйда дьиктитик,
Күндү күннээх халлаан үөһээ көтөн баран хаалыахпын
Кынат булан кэтэн кэбиһэр кыах суох буолан биэрдэ.
Тоҕо, тоҕо сүрэхчээним күүскэ-күүскэ тэбиэлээтиҥ?
Хара-хара харахтартан долгуйбуттуу мөхсүөлээтиҥ?
Оо-о-ооу чоҕул хара харахтар,
Оо-о-ооу долгуталлар сүрэхпин.
Дьикти ыраас салгыны тыынан ылыахпын баҕаран
Үөһээ халлааны одуулаан тураммын мин ыллаатым,
Долгуйбут сүрэхчээни уоскута сатааммын
Өссө күүскэ эҕирийиэм бу ыраас дьэҥкир салгынтан.
Тоҕо, тоҕо сүрэхчээним күүскэ-күүскэ тэбиэлээтиҥ?
Хара-хара харахтартан долгуйбуттуу мөхсүөлээтиҥ?
Оо-о-ооу чоҕул хара харахтар,
Оо-о-ооу долгуталлар сүрэхпин.
Тоҕо, тоҕо сүрэхчээним күүскэ-күүскэ тэбиэлээтиҥ?
Хара-хара харахтартан долгуйбуттуу мөхсүөлээтиҥ?
Тоҕо, тоҕо сүрэхчээним күүскэ-күүскэ тэбиэлээтиҥ?
Хара-хара харахтартан долгуйбуттуу мөхсүөлээтиҥ?
Оо-о-ооу чоҕул хара харахтар,
Оо-о-ооу долгуталлар сүрэхпин.
Оо-о-ооу чоҕул хара харахтар,
Оо-о-ооу долгуталлар сүрэхпин.
Written by: Варламова Парасковья Павловна
instagramSharePathic_arrow_out