Songteksten
Бу күҥҥэ эйигинниин эрэ
көрсүөһүөм
Өр бэлэмнээбит
Сэмэй бэлэхпинэн күндүлүөм
Умайар баҕа санаам -
Эн аттыгар манна
Халлааҥҥа
сулус курдук
Дьолунан эрэ тыгар
Олох очуурдарын
Тэҥҥэ эн биһи туоруохпут
Туох тиийбэтин - бэйэбит барытын баар
Оҥоруохпут
Эрэн миэхэ Кун аайы эйиигин дьоллуом
Кэлбит саҥа дьылга - уордэр киһи мин буолуом
Бүгүн
Баҕа санаа туолар күнэ
Сүгүн олорбоппун
Мин эн аттыгар
Истииҋ -
эйиэхэ истин, эрэ
Сүрэхтэн тахсар
Саҥа дьыллаах
Тылларбын
Сүрэҕим аҥаара -
Аны ким да албыннаабат мин сүрэхпин
Тоҕо диэтэр Эн сэгэр
Албын диэни билбэккин
Эн эрэ Эн бааргар
Күлэбин үөрэбин
Эйигин булбуппуттан
Дьоллоох эбиппин
Көтүөххэ баҕа санаа диэки
Үөрүөххэ кыраттан биһиги
Саҥа дьыл эргэ дьыл кэлэн дьыл -
эйиэхэ мин аныыбын
Көтүөххэ баҕа санаа диэки -
Баҕарыам бу сылга биири мин
Эйигин эйигин өссө сүүс сылга
Өй сүтэрэ таптыырбын
Written by: Сидоров Сергей Софронович, Черкашина Екатерина Петровна