Songteksten

Биир тугэннэ бэлэхтээ
Кестен аас миэхэ элбэхтэ
Тугу кэпсиирбин иьит кэрэхсээн
Хаалыан суо5а эн кэмсинэн
Миигин кытары эн ункуулуугун
Утуйбаппыт эмиэ бу туунун
Керсебут тахсар ол куну
Билбэппин урдук уерууну
Кэл ду
Кетуех халлаан устун кынаттанан
Кэл ду
Ыллын эн миигин буттуун абылаан
Билбэппин хайдах эн миигин
маннык эн ииртин
Сурэхпин былдьаан
ейбер санаабар киирдин
Туох санаалах эн буоларгын
Мин отой кыайан таайбаппын
Ол эрэн эйиэхэ этэбин
Буолуо5ун син биир миигинниин
Эн бааргын
Ыллыыр ырыам матыыба5ын
Эн бааргын
Хоьуллар хоьоонум буола5ын
Тапталы тустуу кэлбиккин
Сурэ5ин кулууьун тууйэбин
Куну куннээн мин куутэбин
Хаьан эйигин эмиэ керебун
Эн ураты дьикти мессуеннун
мин сурэхпэр хаайдым
Эн кэрэ кестуугэр
мин харахпын баайдым
Илдьэ барыам этэ эйигин ыраах мин
Бу киэн сири кэрийэ кетуех тэлэьийэ
Кини кэрэ мичээрэ туохтан да кундутэ
Сулустаах халлаан ону тэннэ кэтиирэ
Мичээрдэ миэхэ бэлэхтээ
Миигин керсер тугэннэр
Сурэхтэр куускэ тэбэллэр
Ахтыспыт буоланнар уерэллэр
Сиэт илиибин куус эн миигин
Бил ду эн мин итиибин
Киэр куотта киэн бириэмэ
Эйигинниин эчи тургэтиирин
Билигин эйигин билэн эрэбин
Сурэхпэр баары эйиэхэ этэбин
Эйигин кытары дьолу билэбин
Эн аттыгар умнабын бэйэбин
Тахсыбаккын санаабыттан
Долгуйабын эн ааккыттан
Ууллабын нарын куоласкыттан
Абылыыр дирин хараххыттан
Мин бастаан
керсубут куммуттэн са5алаан
Эн таскар
баар буолар ол ба5а санаам
Сырдыгынан сыдьаайаннын
Кунум курдук эн эбиккин
Ер ардаабыт куннэрбин
Кестен кэлэн ургутэ5ин
Сааскы сайа5ас салгыннын
Санаабын сай5аан ааспытын
Сурэхпин сууйэн кэлэннин
Сургэбин кете5ер эн эбиккин
Эн мин дьолбор кэллин ду?
Эбэтэр сорбун сордоору?
Кууппут киьим эн эбит ду?
Атынна анаммыт эбитин ду...
Written by: Васильев Василий Федотович
instagramSharePathic_arrow_out