Verschijnt in

Topsongs van Максим Дмитриев

Credits

AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Максим Дмитриев
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Василий Кузьмин
Songwriter:in

Songteksten

Көрүүй бу, саҥа олох кэллэ
Толору үөрүүнү көбүтэн
Алаһа дьиэбитигэр эптэ
Эйэлээх эйгэ алыба тэптэ
Төрүт буорга сибэкки тэҥэ
Ийэлээх аҕаҥ сүрэхтэригэр
Күүстээх тапталынан бүрүнэн
Үүнэҕин, үүнэҕин
Кэрэ сибэкки тэҥэ
Кэрэ сибэкки эн эрэ
Кэрэ сибэккибит
Иэйиибит, иэйиибит
Кистэлэҥ күүс диэн баар буоллаҕына
Кини көмүс киэргэл кэриэтэ куппар
Имнэнэр, тэтэрэр, киэргэйэр
Күүстээх иэйиибит (дубль)
Нарын да нарын харахтардааххын
Алыптаах абылаҥ амтаннааххын
Ис сүрэхтэн таптаатым
Ама мин эрдэ хайдах
Сылдьыбыт эбитим буоллар
Маннык ураты, сылааһа суох халтайга
Тыыны,
Саҥа тыыны тыннардыҥ
Тыыннаахтарбытын санатаҥҥын
Тыыҥҥын тыыннардыҥ
Кистэлэҥ күүс диэн баар буоллаҕына
Кини көмүс киэргэл кэриэтэ куппар
Имнэнэр, тэтэрэр, киэргэйэр
Күүстээх иэйиибит (дубль)
Written by: Василий Кузьмин
instagramSharePathic_arrow_out