Songteksten

Сап саҕаттан
Саҕыллыбыт,
Сах саҕаттан
Сахаларбыт.
Былыргыттан
Тардыылаахпыт,
Өбүгэттэн
Ситимнээхпит.
Хараҥаттан
Хаар анныттан
Саха тыынна -
Саха тыыннаах.
Саҥа саҕах
Арылынна,
Саҥа олох
Саҕаланна.
Саха тыына
Арылыйда,
Саха тыла
Сахатыйда.
Хахай хааннаах,
Хотой куттаах,
Саха тыллаах -
Саха тыыннаах.
Саха сирдээх,
Саха сиэрдээх.
Сиэрдээх-туомнаах
Саха тыыннаах.
\"Хара тайҕа\"
Урааҥхайга,
\"Улуу байҕал\"
Уруй-айхал.
Written by: Абдумалики Холик
instagramSharePathic_arrow_out