Credits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Дарья Лаврова
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Алексей Егоров-Өркөн
Komponist:in
Виктор Хон - Омук Уола
Texte
Songteksten
«Имэрийэ көрүүй дуу...»
сл. В.Хон – Омук Уола,
мел. А.Егоров – Өркөн
Санаа санньыар
Былыта бүгүн хантан халыйда,
Туоххаһыйыы хаһыҥа
Тоҕо булан хаарыйда?
Хос ырыата:
Сэгэттэйиэм, күн курдук кэлиий дуу
Эмиэ оннук истиҥник
Имэрийэ көрүүй..
Саатар биирдэ сылаастык
Мичилийэн ылыый дуу
Имэрийэ көрүүй
Мичилийэн ылыый..
Эйиэхэ эрэ
Куоласпын үрдэппэтэх курдукпун
Уоскулаҥы булуохпун
Этиий миэхэ буруйбун
Хос ырыата:
Эйигин баттыыр
Былыт мин саныыбар эмиэ ыарыык
Санаарҕаама, доҕоруом,
Этэҥҥэ эрэ эн сырыт
Хос ырыата
Written by: Алексей Егоров-Өркөн, Виктор Хон - Омук Уола