Verschijnt in

Credits

AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Куннэй
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Мария Решетникова
Texte
Ульяна Ли-Фу
Songwriter:in

Songteksten

Туох эрэ буруйдаах курдукпун,
Эйигин букатын билбэппин.
Эн дууһаҥ тойуктаах туллугун
Мин ырыам ымыыта диэбэппин.
Мин бугун устабын былыттыы көҥүллүк
Дьылҕабар иэһэ суохтук, чэпчэкитик.
Истибитиҥ буолуо дуо эн,
Аан дойду муҥура суох киэҥ.
Барыта этэҥҥэ буолуоҕа,
Эһиил да күөх ача тыллыаҕа.
Эн оннугар ким эрэ мин
Ааппын ааттаан ыҥырыа син,
Үс кутум үрдүк дьол тосхойор
Кистэлэҥ кытылын булуоҕа.
Тугу эрэ кэтиибин дуу?
(Мин эмиэ күүтэбин тугу эрэ)
Туох эрэ буруйдааҕым дуу?
(Сүрэх кистэлэҥи этэр)
Сүрэххэр сүлүһүн буолбут курдук саныы сылдьартан сылайдым
Мин эйиэхэ хааччах тэҥэ
(Ким да ону билбэт)
Эн миэхэ мэһэй кэриҥэ
(Киэҥ куйаарга күн элбэх)
Буолан тохтуох, мин уурайдым.
Аһыйыма, ааттаһыма, эн амарах тапталгар хардарар,
Эн санныгар тайанар, эн дьоһуннаах олоххун киэргэтэр кэрэ куо
Буолбатахпын.
(Атын суол, атын дьол үөһэттэн ыйыллар)
Written by: Мария Решетникова, Ульяна Ли-Фу
instagramSharePathic_arrow_out