Titres similaires
Crédits
AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
W1LD
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
W1LD
Komponist:in
Paroles
Түннүкпүттэн көстөр сулустар Оонньоһоллор
Тапталтан арыллар иэйиилэр угуйаллар
Ол барыта эн харахтарыҥ ууллараллар
Ол барыта эн санааларыҥ ыҥыраллар
Испэр туппаккабын, арыйабын эн сылаас
Сүрэххин таарыйабын
Тулуйарбын аастым ээ, санаалар эстимэн
Төттөрү гынааччылар тулабар көстүмэн
Маанньыйар харахтаргын күүтэбин Сонньуйа
Сылаанньыйар ырыа суругу ыытабын Долгуйа
Күн утарыта барыам, бэлэммин барытыгар
Таптал ыарыыта тарҕанна биһиги Хааммытыгар
Эйиигинниин толору дьоллоохпун
Сарсыарда-киэһээ синбиир үөрбүт Сырайдаахпын
Сөбүлүүбүн эйиигин кытары күүлэйдиирбин
Эн ааккын ааттаан ырыабын ыллыырбын
Эйиигиттэн таҥараттан курдук ирдиирбин
Биир тапталы үйэлэргэ харыстыыбын
Эн сылаас иэдэскэр олохпун истэбин
Эйиигин таптыыбын, ону этэбин сүүстэ мин
Эйиигин таптыыбын, ону этэбин сүүстэ мин
Түннүкпүттэн көстөр сулустар Оонньоһоллор
Тапталтан арыллар иэйиилэр угуйаллар
Ол барыта эн харахтарыҥ ууллараллар
Ол барыта эн санааларыҥ ыҥыраллар
Түннүкпүттэн көстөр сулустар Оонньоһоллор
Тапталтан арыллар иэйиилэр угуйаллар
Ол барыта эн харахтарыҥ ууллараллар
Ол барыта эн санааларыҥ ыҥыраллар
Бу кэм кэрдии, көрдөрөн иһиэҕэ
Эйиигин үчүгэй, сырдык өттүнэн арыйыаҕа
Тулалыыр эйгэбит күн мичээринэн Сырдыаҕа
Биһиги сыһыаммыт тугу барытын кыайыаҕа
Арахсыы быстах санааттан ончу суох Буоллун
Оннугу саба баттыыр-утаран чиэһинэй Уолбун
Туора-маары сүүрэ, туоралыам-хайыам Суоҕа
Хас үүммүт күммүт барытын көрдөрөн Иһиэҕэ
Оҕо оонньуутун оҕо эрээрибин өйдүүбүн
Ол иһин эйиигиттэн ыраас тапталы Ирдиибин
Өссө да уһун олох, сиэттиһиэххэ эрдэттэн
Барытын эрдэ гыныахха, астыныахха Кэрэттэн
Дьолу мүлчү туппакка тапталга Итэҕэйэммит
Айанныахха сиэттиһэммит, бэйэбитигэр Эрэнэммит
Туора дьон санааларын улахаҥҥа Уурбаппын
Эйиигиннээх буоламмын, толору мин Дьоллоохпун
Толору дьоллоохпун
Түннүкпүттэн көстөр сулустар Оонньоһоллор
Тапталтан арыллар иэйиилэр угуйаллар
Ол барыта эн харахтарыҥ ууллараллар
Ол барыта эн санааларыҥ ыҥыраллар
Түннүкпүттэн көстөр сулустар Оонньоһоллор
Тапталтан арыллар иэйиилэр угуйаллар
Ол барыта эн харахтарыҥ ууллараллар
Ол барыта эн санааларыҥ ыҥыраллар
Lyrics powered by www.musixmatch.com