Créditos

AUSFÜHRENDE KÜNSTLER:INNEN
Саргылана Карпова ИМАНА
Künstler:in
KOMPOSITION UND LIEDTEXT
Семен Ченянов
Songwriter:in

Letras

Санаам
Салгынтан эрэлим
Көстүбэт өрөгөй
Көмүстээх аартыгым!
Эн миэхэ арыйбыт
Эгэлгэ эйгэҕэр
Кустуктаах долгунун
Көстүүтэ буолабын
Санаам-
Сабарай кынатым
Сарсыҥҥы күҥҥэ
Тардыһар сырдыгым
Самныма дуу бүгүн
Сараама дуу бүгүн
Сандаархай ырабын
Сайҕаама дуу бүгүн
Эн самныыҥ
Мин саргым самҥыыта,
Эн көтүүҥ
Мин дьолум күүрээнэ
Санаам
Салгынтан эрэлим
Көстүбэт өрөгөй
Көмүстээх аартыгым!
Эн миэхэ арыйбыт
Эгэлгэ эйгэҕэр
Кустуктаах долгунун
Көстүүтэ буолабын
Харахпын ыксары симэбин
Санаабар санааны көрдүүбүн
Сандаархай, чаҕылхай санааны
Күлүмэх күүс угар санааны!
Эн самныыҥ
Мин саргым самҥыыта
Эн көтүүҥ
Мин дьолум күүрээнэ
Санаам
Салгынтан эрэлим
Көстүбэт өрөгөй
Көмүстээх аартыгым!
Эн миэхэ арыйбыт
Эгэлгэ эйгэҕэр
Кустуктаах долгунун
Көстүүтэ буолабын
Written by: Семен Ченянов
instagramSharePathic_arrow_out