Letras
Эйигиттэн ыраахпын
Эмиэ аттыгар суохпун
Бырастыы куруук аттыгар баар буолбаппын
Эйиигин ахтабын кырдьык итэҕэй эн эйигин ахтабын кырдьык итэҕэй эн
Сүүһүнэн сыллар аастыннар мин тапталым сүтүө суоҕа эйиэхэ
Төһө да олохпут кылгаһын иһин үйэлэр тухары этиэм тапталым тылларын
Күүт миигин сэгэриэм
Истиҥ тыллары этиэм
Ахтыбыппын барытын кэпсиэм кэпсиэм
Санааҕын таайан сүрэххин сүүйэн ылыам
Уонна эмиэ ыраах мин барыам
Халлааҥҥа тыгар сулус курдук эйиэхэ мин көстүөм
Cулус курдук эйиэхэ мин көстүөм
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
өйдүүгүн дуо аан бастаан хайдах этэй
Төһөлөөх элбэх эргиллибэт кэрэ түгэннэр
Субу көстөр санныбар утуйа сытарын
Сэрэнэн оргууй төбөҕүттэн сыллыырым
Биэрэбин мин бэлэх эйиэхэ утары сүрэххин биэр эн миэхэ
Саатар көрдөр биир бэлиэ сэгэрбэр көтөн тиийиэм
Кэм кэрдиис олус түргэнник аттыбытынан устар
Ол тухары тапталым эйиэхэ миэнэ уостубат
Утары көрөн туран сиэтий мин илиибин
Эн курдук кэрэ сибэкки аан дойдуга суох диибин
Кэрэ сибэкким ытыспар эн тыллый
Кэрэ сибэкким ытыспар эн тыллый
Көрөбүн көстөр биир эрэ ыллык
Соҕотох ыйым ыйар эйигин эрэ һыллыай
Cоҕотох ыйым ыйар эйигин эрэ һыллыай
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ эйиэхэ
Харахтаргын симтэргин эн миигин көрөҕүн
Этиий миэхэ тиийэбин дуо эйиэхэ мин
Lyrics powered by www.musixmatch.com